Психолого-педагогические классы

Идэҕэ туһаайыллар үлэ ситимнээхтик ыытыллар

А.П.Павлов аатынан Сунтаар 1 нүөмэрдээх орто уонна П.Х.Староватов аатынан Элгээйи орто оскуолаларыгар психолого-педагогическай кылаастар бааллар. Үүнэр көлүөнэ идэтин таларыгар маннык анал кылаастар арыллан үлэлииллэрэ үтүө сабыдыаллаах. Педагогиканы, психологияны үөрэтэллэр. Педагогическай практикаларын үөрэх тэрилтэлэригэр бараллар.

Сунтаар улууһун үөрэҕириитин управлениетын сыллааҕы үлэтин былаанын чэрчитинэн А.П.Павлов аатынан Сунтаар 1 №-дээх орто оскуолатын психолого-педагогическай 10-с «а» кылааһын үөрэнээччилэригэр «Учуутал идэтэ» диэн профориентационнай бэсиэдэ ыытылынна. Бу кылаас салайааччыта Анна Иванова үөрэнээччилэрэ үөрэхтээх дьон буолалларыгар ситимнээх үлэни ыытар.

Профориентационнай бэсиэдэни Сунтаар улууһун үөрэҕириитин управлениетын каадырынан хааччыйыы отделын кылаабынай исписэлииһэ Александра Павлова ыытта. Кини үөрэнээччилэргэ учуутал идэтин туһунан сиһилии кэпсээтэ, педагогическай идэлэргэ ханнык үөрэх кыһаларыгар үөрэтэллэрин билиһиннэрдэ, анкета толортордо.

Бу кылаастан икки үөрэнээччи оскуола кэнниттэн учуутал идэтигэр  үөрэнэр бигэ санаалаахтар.  Маннык профориентационнай  ситимнээх үлэ чэрчитинэн учуутал идэтигэр аналлаах бэсиэдэлэр, уруоктар ыытылланнар, инникитин педагог идэтигэр үөрэнэн, аныгы кэм учууталлара үүнэн тахсыахтара диэн эрэнэбит.

   Антонина ПРОКОПЬЕВА