Алтынньы 31 күнүгэр Сунтаар улууһугар Төрөөбүт төрүт тыл сылын чэрчитинэн, республикатааҕы үөрэнээччилэр общественнай «Күн» оҕо түмсүүтүн өйүүр уонна үтүө холобуру туһанан, улууспутугар тэрийэр сыаллаах «Айымньылаах Ийэ тыл» тэрээһин саха тылын учууталлара, эбии үөрэхтээһин педагогтара уонна улуус араас оскуолаларыттан (Сунтаар 3 нүөмэрдээх оскуолата, Сунтаардааҕы лицей, гимназия, Илимниир, Арыылаах, Кириэстээх) ийэ тылларын өрө тутар оҕолор көрүстүлэр.
Тэрээһин сахалыы саҥарарга-иҥэрэргэ оҕолору өйүүр, “Күн” о5о түмсүү үлэтин көҕүлүүр соруктаах ыытылынна. Мустубут дьону бастакынан Сунтаар улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга уонна имиджевай политикаҕа солбуйааччы Гаврил Еремеев эҕэрдэлээтэ, үөрэх салалтатын салайааччыта Альберт Иванов ыччатыы иитии, үөрэтии, төрөппүтү кытта үлэ улахан суолталааҕын, төрөөбүт төрүт тылларын туһугар үлэлэһэр оҕо үксүү турарыгар уонна бүгүҥҥү күн ситиһиилээхтик ааһарыгар баҕа санаатын эттэ.
Мустубут оскуола үөрэнээччилэрэ, педагогтар хамаандаларынан хайдыһан “Төрөөбүт тыл сайдар саҕахтара” диэн тиэмэҕэ бырайыак оҥорон көмүскээтилэр. Оҕолор бу тэрээһин сыалын-соругун, туох кыһалҕа билигин тирээн турарын өйдөөн көхтөөхтүк кыттыбыттара учууталлары, тэрийээччилэри үөртэ. Кириэстээх үөрэнээччилэрэ хас бээтинсэ ахсын сахалыы киинэлэри оскуолаларыгар көрдөрөн саҕалыахпыт диэн этии киллэрдилэр. Төрөөбүт төрүт култуураны сайыннарыыга араас семинардары тэрийии, айар дьоҕурдаах оҕолору түмүү, сүрүн болҕомтону дьиэ кэргэҥҥэ ууруу наадалааҕын биллэрдилэр. Төгүрүк остуол тула санааларын атастастылар, биир сомоҕо буолан «Күн» диэн өрөспүүбүлүкэҕэ сахабыт тылын кэскилигэр үлэлэһэр оҕолор түмсүүлэрин өйөөн, улууспутугар оҕолорбут түмсүү тэриниитин саҕалааһыҥҥа үлэ барылын тула үлэлэстилэр, сүбэлэстилэр.