Сунтаар 1 нүөмэрдээх оскуолатыгар «Бастакы хардыылар» диэн оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго аналлаах тэрээһин буолан ааста. Манна улууспут бары бөһүөлэктэриттэн уонна Сунтаар иһинээ5и детсадтартан элбэх оҕо тоҕуоруста. Икки бөлөҕүнэн хайдан (улахан бөлөх, оскуолаҕа бэлэмнэнии бөлөх группалара) дакылааттары аахтылар. Барыта 56 сайаапка киирбититтэн 50 үлэ көрүлүннэ. Оҕолор бэйэлэрин билиилэрин, чинчийиилэрин төрөөбүт тылларынан сахалыы кэпсээтилэр, боппуруостарга эппиэттээтилэр.
Улахан бөлөххө дьүүллүүр сүбэнэн «Туллукчаан» детсад методиһа Сергеева Валентина Владимировна, «Сардана» детсад үрдүк категориялаах иитээччитэ Семенова Оксана Николаевна уонна 1 нүөмэрдээх оскуола логопеда Осипова Света Юрьевна улэлээтилэр. Ол түмүгэр:
1 миэстэни – Дорофеева Валерия, 5с. Тиэмэтэ: «Оҥоойу. Оҥоойуттан харыстаныы». 1№-дээх «Туллукчаан» оҕо сайдар киинэ.
2 миэстэ – Назарова Алеся, 5с. Тиэмэтэ: «Хабылык-өбүгэлэрбит оонньуулара». 1№-дээх «Туллукчаан» оҕо сайдар киинэ.
2 миэстэ – Чахов Ваня, 5с. Дакылаатын тиэмэтэ: “Олоҥхо- саха норуотун бастакы айымньыта”. «Ёлочка» дс, Элгээйи сэл.
3 миэстэ – Егоров Максим, 5с. Тиэмэтэ: «Джунгарскай хомяктар» 1№-дээх «Туллукчаан» оҕо сайдар киинэ.
3 миэстэ – Евсеева Маша, 5с. Дакылаатын тиэмэтэ: “Кэччэгэй балыксыт” остуоруйаҕа киһи майгытын көстүүтэ.
Бэлэмнэнии бөлөххө дьүүллүүр сүбэнэн Фёдорова Урсууна Александровна, Сунтаар улууһун үөрэҕин салалтатын оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор отделын сүрүннүүр үлэһитэ, Иванова Луиза Ивановна, «Солнышко» детсад методиһа, Софронова Валентина Эдуардовна, «Сардаана» оҕо сайдар киинин иитэр-үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччы дакылааттары иһиттилэр, көрдүлэр. Ол тумугунэн:
1 миэстэ – Никифоров Кирилл, 6с. Дакылаатын тиэмэтэ: «Мин дойдум дьоруойа — Дмитрий Егоров», Уһун-Күөл сэл. «Сулусчаан» дс.
2 миэстэ – Данилов Тимур, 6с. “Музыка киһиэхэ дьайыыта” 1№-дээх «Туллукчаан» оҕо сайдар киинэ.
2 миэстэ – Семенова Ариана, 6с. «Удьуор утума дьиэ кэргэн идэтэ», Дьаархан сэл.
3 миэстэ – Степанова Элла, 6с. “Харчы хайдах үөскээбитэй?” Элгээйи сэл. “Ёлочка” дс.
3 миэстэ – Рожина Каролина, 6с. “Төрүт дьарык — дьэ кэргэн тутула” 7№-дээх “Солнышко” о5о сайдар киинэ буоллулар.
Түмүк оскуола аактабай саалатыгар буолла. Эҕэрдэ ырыаларын оскуола үрдүкү кылаас оҕолоро бэлэхтээтилэр. Ол кэннэ ойуулук персонажтара кэлэн конференция кыттыылаахтарын үөрүүлэрин өссө элбэттэ. Оҕолорго барыларыгар туоһу сурук уонна бириис туттарылынна.
Инникитин маннык тэрээһиҥҥэ төрөөбүт тылынан саҥа арыйыыларын кэпсиир үлэ, дакылааты ааҕыы хас да секциянан барара буоллар диэн баҕа санааларын эттилэр. Оччотугар элбэх оҕо миэстэлэһэн инники көҕө ордук үрдүө этэ диэтилэр.