Форум 500-тэн тахса киһини түмтэ. Тэрээһиҥҥэ оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин эйэгэтигэр федеральнай экспертэр, Россия үөрэҕин министерствотын уопсай үөрэхтээһиҥҥэ уонна государственнай политикаҕа управлениетын дириэктэрин солбуйааччы Наталья Костюк, «Просвещение-СОЮЗ» компания главнай методиһа, Россия Федерациятыгар Десятилетие детства программа сэбиэтин рабочай бөлөҕүн чилиэнэ Ольга Скорлупова кытыннылар.
Сунтаар улууһуттан форумҥа 11 нүөмэрдээх “Кыталык” уһуйаан, В.Г. Павлов аатынан Сунтаар алын сүһүөх оскуола, А.П. Павлов аатынан Сунтаар 1 нүөмэрдээх оскуола учууталлара маастар-кылаас ыытан, мустубут дьон элбэҕи билбиттэрин-көрбүттэрин, сэргээбиттэрин бэлиэтээтилэр. Бу күннэргэ оскуола иннинээҕи уонна начальнай үөрэхтээһин проблемаларын дьүүллэһиигэ утумнаах үлэ ыытылынна. Үөрэх теоретическай уонна практическай ньымаларын, үөрэх тэрилтэлэрэ дьиэ кэргэннэри уонна оҕолору кытта бииргэ үлэлээһиннэрин дьүүллэстилэр.