Ыксаллаах быһыыга-майгыга Росгвардия, полиция сотрудниктара, баһаарынай, «Суһал көмө» сулууспалара түргэн туттуулаахтарын көрдөрдүлэр. Бу дьаһал улуустааҕы үөрэҕирии уонна 3-с №-дээх оскуола салалталара тэрийиилэринэн ыытылынна.
Үөрэх эрдэттэн бэлэмнэниллибит сценарийынан барбыт. Сигнал биллэриллиннэҕинэ оскуола коллектива, оҕолор хайдах дьаһаныахтаахтарын, туох хамсаныыны оҥоруохтаахтарын бэрэбиэркэлээтилэр. Ыксаллаах быһыы-майгы тахсар түгэнигэр эрдэ бэлэм буолар, чопчу алгоритмнарынан хамсаныы таһынан эмискэ үөскүөн сөптөөх мэһэйдэри учуоттуур оруннааҕын, түргэнник дьаһаныыга бэлэм буолуу ньымаларын учуоттууру эттилэр.
Үөрэх управлениетын, оскуола коллективын эппиэтинэһин санаттылар, сэрэтэр үлэлэр ыытыллыахтаахтарын, көмүскэллээх буолууга эбии миэрэлэри ылары эттилэр. Маннык үөрэхтэри ыытыы олус наадалаах. Салайааччылар, педагогическай кэллэктиип уонна атын үлэһиттэр, ону сэргэ үөрэх тэрилтэлэрин көмүскүүр үлэһиттэр практическай үөрүйэхтэри ылалларыгар көмө буолар.