Бүгүн үөрэх үлэһиттэрин “Воспитание личности в едином образовательном пространстве” тиэмэлээх үгэс буолбут балаҕан ыйынааҕы сүбэ мунньахтара саҕаланна

Мунньах сарсыарда өттүгэр араас хайысханан ыытылынна. Педагогтар уопут атастаһыыга уонна тыҥаан турар боппуруостары дьүүллэһиигэ үлэлээтилэр.

Ол курдук бастакы былаһааккаҕа үөрэх тэрилтэлэрин салайааччылара уонна кинилэр солбуйааччылара «Школы Минпросвещения России» бырайыагынан диагностика түмүктэрин ырытыстылар, ону сэргэ 2024-2025 үөрэх дьылыгар тутаах боппуруостары быһаардылар. Манна сүрүн дакылааты үөрэҕирии салалтатын информационнай-методическай отделын салайааччыта Семенова Т.Б. билиһиннэрдэ. Кыттыыны ыллылар улуус үөрэҕин салалтатын солбуйааччы Васильев Б.Н., И.Г. Тимофеев аатынан Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Майа лиссиэйин диэриэктэри үөрэх өттүгэр солбуйааччы Борисова С.Н., Горнай улууһун А. Осипов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын дириэктэрэ Гаврилова А.А. уонна дириэктэри научнай-методическай үлэҕэ солбуйааччы Герасимова Л.И. Дьүүллэһии кэмигэр үөрэх практикатын тупсарыыга туһуламмыт дьоһуннаах стратегическай быһаарыылар ылылыннылар.

Иккис былаһаакканан Сунтаардааҕы лиссиэй аактабай саалатыгар үөрэҕирии салалтатын иитэр үлэҕэ уонна эбии үөрэхтээһиҥҥэ отделын салайааччыта Васильева А.А. салайааччылаах оҕону сайыннарыыга уонна личность быһыытынан сайыннарыыга түмүллүбүт иитэр үлэҕэ дириэктэрдэр солбуйааччылара бииргэ үлэлээһиннэрэ буолла. Манна психологическай өйөбүл уонна тупсаҕай үөрэх эйгэтин тэрийии боппуруостара дьүүллэстилэр. Кэпсэтиигэ «Сосновай бор» оҕо сынньанар уонна доруобуйатын чэбдигирдэр киинин салайааччыта Варвара Васильева кыттыыны ылла. Аһаҕас төрөппүт мунньаҕар үөрэҕирии салалтатын иитэр үлэҕэ уонна эбии үөрэхтээһиҥҥэ отделын исписэлииһэ Меркурьева Н.А. дьиэ кэргэн, оскуола уонна уопсастыба икки ардыларыгар бииргэ үлэлээһин наадатын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. «Арассыыйа ийэлэрэ» уопсастыбаннай хамсааһын Сунтаардааҕы салайааччыта Дария Григорьева, «Арассыыйа ийэлэрэ» уопсастыбаннай хамсааһын чилиэнэ Надежда Львова, аҕалар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Борис Уларов санааларын эттилэр. Иитэр-үөрэтэр үлэҕэ сыаннастары дьүүллэһии бииргэ үлэлээһини бөҕөргөтүүгэ көмө буолар

. Төрдүс былаһааккаҕа үөрэх үлэһиттэрин профсоюһун бэрэссэдээтэлэ Павлова Н.С. 1С бырагыраамманы, саҥа технологиялары үөрэтэн профсоюз үлэтин цифровой үлэҕэ түмэргэ дакылаатын билиһиннэрдэ. Саха тылын уонна литературатын учууталларыгар анаан туспа былаһаакка тэрилиннэ. Манна учууталлар үөрэҕирии салалтатын информационнай-методическай отделын исписэлииһэ Жиркова Т.Т. салайааччылаах төрөөбүт тылын, литературатын уонна култууратын үөрэтии кэнсиэпсийэтин олоххо киллэрии бастакы хардыыларын быһаарыстылар. Ону тэҥэ «Труд (технология)» саҥа үөрэх предметин быһыытынан киллэрии уонна үгэстэри тутуһуу туһунан үөрэҕирии салалтатын уопсай үөрэхтээһинин отделын исписэлиистэрэ Ткаченко Н.А., Иванова С.С. алтыс былаһаакканы үлэлэттилэр.

Бу дьүүллэһии үөрэх уонна иитии хаачыстыбатын тупсарыыга дьоһун хардыы буолла. Бары былаһааккалар кыттааччылара үөрэх эйгэтигэр дьоһун суолталаах кыһалҕалары быһаарар суолталаахтарын бэлиэтээтилэр. Уопсайынан, балаҕан ыйынааҕы үөрэх үлэһиттэрин сүбэ мунньаҕа үөрэх тиһигин олоҕор сүҥкэн суолталаах тэрээһин буолар. Учууталлар идэҕэ таһымнарын үрдэтиигэ, уопут атастаһыыга уонна үөрэх практикатын сайыннарыыга туһуланар. Хас биирдии дьүүллэһии үөрэх сайдыытын уопсай хартыынатыгар бэйэтин кылаатын киллэрэр. Маннык дьаһалларынан үөрэх эйгэтэ хаачыстыбалаах уонна көдьүүстээх буолар.

Добавить комментарий