Бүгүн А.П. Павлов аатынан Сунтаар 1 нүөмэрдээх оскуолатыгар үөрэх үлэһиттэрин балаҕан ыйынааҕы сүбэ мунньахтарын чэрчитинэн улуус бары иитээччилэригэр, алын сүһүөх учууталларыгар уонна оскуола библиотекарьдарыгар араас туһалаах сэминээрдэр ыытылыннылар

Манна барыта 163 киһи кытынна.

Ол курдук Саха Өрөспүүбүлүкэтин Наукаларын академията Төрөөбүт тылы чинчийэр киинин сүрүн научнай үлэһитэ, педагогика билимин хандьыдаата Светлана Семенова икки тыллаах эйгэҕэ оҕолору сайыннарыы боппуруостарыгар ураты болҕомто ууруллубут методическай сэминээрдэри ыытта. Сэминээр кыттыылаахтара уопуттарын үллэһиннилэр уонна сүрүн кыһалҕалары ырытыстылар.
Биир сүрүн тиэмэнэн сахалыы ааҕыы дьоҕурун сайыннарарга аналлаах буолла. Учууталлар кыра моториканы, истиили уонна аналитическай дьоҕуру сайыннарыы хайдах дьайарын дьүүллэстилэр. Икки тыл өйү-санааны тупсарар эрэ буолбакка, олоххо өссө аһаҕас көрүүнү үөскэтэр суолталаах.

Семинарга В.Г. Павлов аатынан алын сүһүөх учууталлара Потапова Н.С., Михайлова Т.Д. саха тылын үөрэтиигэ көмөлөһөр ньымаларга аналлаах дакылаатарын билиһиннэрдилэр. Учууталлар оҕолорун төрөөбүт тылга интэриэстэрин күүһүрдэр ньымаларынан үллэһиннилэр.
Маны таһынан, Светлана Степановна сахалыы ааҕыы үөрүйэхтэрин сайыннарыыга аналлаах сэминээр ыытта. Тыл үөрэхтээһинин бастакы таһымын ырытыыттан саҕалаан, үөрүйэхтэри дириҥэтэн ааҕыыга үөрэтии араас ньымалара дьүүллэһилиннилэр. Төрөөбүт тылларынан баһылыыр оҕолор бэйэлэрин култуураларын өйдүүр, ытыктыыр үрдүк таһымнаах буола улааталлар.

“Тэрээһин бэрт таһаарыылаахтык ааста диэн көрдүм. Сунтаар улууһугар мунньах барыта сахалыы барара үрдүк таһымы көрдөрөр. Эдэр учуталлары чиэстээһин уонна үлэлээн бүтэн барар үөрэх тэрилтэтин салайааччытын атаарааһын үгэс быһыытынан хаала сылдьарыттан астынным, долгуйдум.

Быйылгы үөрэх дьылыгар олус элбэх уларыйыы буола турар, ол иһигэр төрөөбүт тылбыт үөрэтиитэ. Оҕо сахалыы саҥарара уустуугрубутунан сибээстээн анаан-минээн оҕо сайдар киинин иитээччилэрин уонна алын ылаас учууталларын кытта ити боппуруос тула дириҥник кэпсэтэн, кинилэр уопуттарын, туохха уустугурдалларын көрөн-билсэн, кинилэргэ бэйэм билиибин-көрүүбүн тиэрдии – бу манна кэлбит үлэм сүрүн сыала буолар. Иккис сыалым – эһиил Сергей Афанасьевич Зверев үбүлүөйдээх сыла буолаары турарынан Сунтаар уулууһун саха тылын уонна литературатын учууталлара, Сергей Зверев аймньыларын эдэр ыччакка тиэрдэр хайысхаҕа туох үлэни ыыталларын, туох былааннаахтарын билсэ диэн буолар. Онон ити боппуруоска учууталлары кытта туох ис хоһоонноох үлэни Өрөспүүбүлүкэ таһымыгар тэрийиэххэ сөбүн кэпсэттэбит.

Ону сэргэ, аныгы кэмҥэ, икки тыллаах үйэҕэ, оҕо тылын сайдыытын уратытын уонна онно дьайар күүстэр туохтар баалларын, тоҕо оҕолорбут биһигиттэн тутулуга суох тылларын сайдыыта бара турбутун быһааран, ол тула кэпсэтии буолла.

Уонна түмүккэ – бу икки күн, учууталлары кытта үлэлээбит үлэм түмүгүнэн эттэхпинэ, Сунтаар улууһун учууталлара үөрэххэ, саҥа информацияҕа наадыйалларын көрдүм. Функциональнай грамотнаһы баһылаан, бэйэлэрин идэлэрин таһымыгар сатабыл быһыытынан киллэрэн, үлэлииргэ бэлэмнээхтэрэ көстөр. Учууталлар бэйэлэрэ саҥа матыйырыйаллары оҥорор таһымҥа тиийбиттэр эбит»,
 — диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Наукаларын академията Төрөөбүт тылы чинчийэр киинин сүрүн научнай үлэһитэ, педагогика билимин хандьыдаата Светлана Семенова санаатын эттэ.

Добавить комментарий