Балаҕан ыйын 27 күнэ – Дойду үрдүнэн оскуола иннинээҕи тэрилтэ үлэһиттэрин күнэ

Сунтаар улууһун үөрэҕин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан иитээччилэри, уһуйаан бары үлэһиттэрин идэлээх бырааһынньыккытынан ис сүрэхтэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин – киһи буолуу бастакы кэрдииһэ буоларын бары билэбит, манна уопсай култуура үөскээн, физическэй, интеллектуальнай уонна сиэр-майгы өттүнэн сайдыы барар. Иитээччилэр оҕолор талааннарын арыйан, дьоҕурдарын уһугуннаран, үтүө суобастаахтык, эйэҕэстик сыһыаннаһан төрөөбүт дойдуларыгар тапталы уһугуннарарга дьулуһалларын үрдүктүк сыаналыыбыт. Эһиги үүнэр көлүөнэ инники сайдыытыгар сирдиир дьон буолаҕыт. Хас биирдиигит Саха Өрөспүүбүлүкэтин оскуола иннинээҕи үөрэҕин сайдыытыгар кылаата улахан. Сүҥкэн үлэҕитигэр дириҥ махталбытын тиэрдэбит!

Бү үөрүүлээх күнү көрсө эһиэхэ барыгытыгар дьоллоох-соргулаах, байылыат олоҕу, саха алмааһын курдук чиргэл, чэгиэн доруобуйаны, үлэҕэ өркөн ситиһиилэри баҕарабыт! Оскуола иннинээҕи үөрэх хаачыстыбатын үрдэтэргэ өссө элбэҕи оҥоруоххут диэн бигэ эрэллээхпит.

Сунтаар улууһун үөрэҕин салалтатын салайааччыта Борис Николаевич Васильев

Добавить комментарий