Куоҥкурус балаҕан ыйын 26-27 күннэригэр ыытылынна. Манна барыта 5 учуутал үөрэххэ табыгастаах усулуобуйаны тэрийиигэр бэйэлэрин кыахтарын көрдөрдүлэр.
Куоҥкуруска үөрэх кабинеттарын хааччыллыыта, ону тэҥэ үөрэх процеһын тэрийиигэ айымньылаах сыьыан олохтооһуна сыаналанна. Күрэх кыттыылаахтара үөрэх хаачыстыбатын үрдэтиигэ туһуламмыт инновационнай методиканы көрдөрөн, аныгы оборудованиелары уонна бэйэлэрин идиэйэлэрин билиһиннэрдилэр.
Уопуттаах педагогтартан уонна экспертэртэн турар дьүүллүүр сүбэ материальнай-техническэй базаны эрэ буолбакка, кабинеттар методическай өттүнэн хааччыллыытын сыаналаатылар.
Ол курдук куоҥкурус түмүгүнэн кыайыылаахтарынан буоллулар: 1 миэстэ — Трофянова Мария Алексеевна, Б.Н. Егоров аатынан Күндэйэ орто оскуолатын технологияҕа учуутала; 2 миэстэ — Федорова Любовь Георгиевна, Сунтаардааҕы лиссиэй технологияҕа учуутала; 3 миэстэ — Максимова Глианна Васильевна, И.Г. Спиридонов аатынан Кириэстээх оскуолатын технологияҕа учуутала. Кыайыылаахтар наҕараадалары уонна дипломнары ыллылар.
Бу куоҥкурус педагогтар икки ардыларыгар уопут атастаһыыта эрэ буолбакка, үөрэх тэрилтэлэрин материальнай-техническэй базатын салгыы турсарыыга уонна үөрэх хаачыстыбатын урдэтиигэ көгулуур сыаллаах буолар. Маннык дьаһаллары ыытыы үлэ хаачыстыбатын урдэтиигэ уонна үөрэнээччилэри иитиигэ дьоһуннаах хардыы буолар.