«Учитель года – 2024» улуустааҕы куоҥкурус түмүктэннэ

Алтынньы 9-10 күннэригэр А.П. Павлов аатынан Сунтаар 1 нүөмэрдээх оскуолатыгар «Учитель года – 2024» улуустааҕы профессиональнай куоҥкурус үрдүк таһымҥа буолан ааста. 

Бу тэрээһин учууталлары арыйарга, кинилэри өйүүргэ уонна көҕүлүүргэ, педагогическай идэ социальнай статуһун үрдэтэргэ уонна улуус бастыҥ учууталларын инновационнай педагогическай уопуттарын тарҕатыыга туһаайыллан ыытыллар.

Манна барыта 11 учуутал кыттыыны ылла, кинилэр бэйэлэрин идэлэрин таһымын уонна сатабылларын үс түһүмэҕинэн көрдөрдүлэр.
Бастакыга кыттааччылар аһаҕас уруок ыытан, маастарыстыбаларын, үөрэнээччилэри интэриэһиргэтэр, көҕүлүүр кыахтарын көрдөрдүлэр. «Үөрэнээччилэри кытта кэпсэтии» түһүмэххэ учууталлар оҕолору кытта тэҥнээх кэпсэтиини ыыттылар. «Маастар- кылаас» тургутууга учууталлар коллегаларын саҥа идиэйэлэргэ, ньымаларга көҕүлээн үөрэтиигэ инновационнай ньымаларынан үллэһиннилэр. Куоҥкурус түмүктүүр тургутуутугар учууталлар араас ыйытыыларга хоруйдаатылар, педагогика боппуруостарыгар сүрүн кыһалҕалары дьүүллэстилэр.
Маны таһынан учууталлар коммуникативнай үөрүйэхтэрин көрдөрдүлэр уонна үөрэх тиһигин сайдыытын тирээн турар боппуруостарыгар бэйэлэрин позицияларын билиһиннэрдилэр.

«Учитель года — 2024» күрэскэ эдэр учууталлар эрэ буолбакка, бэйэлэрин дьыалаларыгар билиниини ылбыт уопуттаах учууталлар эмиэ кыттыыны ыллылар. Тэрээһин чэрчитинэн «Учитель года РС (Я) – 2019» кыайыылааҕа, “Учитель года РС(Я) – 2022” лауреата Дмитрий Айаалович Михайлов бэйэтин маастар-кылааһын ыытан, уопутуттан үллэһиннэ.

 Бары тургутууну түмүктээн баран, дьүүллүүр сүбэ улуустааҕы «Учитель года – 2024» куонкурус кыайыылаахтарын быһаарда. Ол курдук «Педагогический дебют» анал аат Г.Е. Бессонов аатынан Тойбохой орто оскуолатын английскай тыл учууталыгар Александра Адамовна Ивановаҕа ананна, «Педагогическая компетентность» анал аат — В.Г. Павлов аатынан Сунтаар алын сүһүөх оскуолатын учууталыгар Светлана Александровна Петроваҕа, «Профессионализм и мастерство» анал аат — Кириэстээх политехническэй оскуолатын учууталыгар Наталья Валериановна Усоваҕа.

 1 истиэпэннээх диплом ананна Дьаархан орто оскуолатын биологияҕа уонна химияҕа учууталыгар Вероника Викторовна Тимофееваҕа, 2 истиэпэннээх диплом — Л. Попов аатынан Арыылаах орто оскуолатын алын кылаас учууталыгар Наталья Николаевна Григорьеваҕа, 3 истиэпэннээх диплом — Сунтаар 3 нүөмэрдээх оскуолатын технологияҕа уонна черчениеҕа учууталыгар Семен Семенович Васильевка.

 «Учитель года – 2024» кыайыылааҕынан таҕыста И.С. Иванов аатынан Сунтаар 2 нүөмэрдээх оскуолатын нуучча тылын уонна литературатын учуутала Анна Николаевна Федорова. Анна Федорова маны таһынан оҕолор дьүүллүүр сүбэлэрин түмүгүнэн эмиэ кыайыылааҕынан ананна.

Кыайыылаахтарга диплом уонна сыаналаах бириистэр туттарылыннылар. Учууталлары үрдүк ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибит, салгыы саҥа саҕахтары баҕарабыт. Бу куоҥкурус улуус педагогическай уопсастыбатын түмэр, саҥа идиэйэлэри көҕүлүүр уонна учуутал идэтин статуһугар улахан суолталаах.

Добавить комментарий