Саха төрүт остуол оонньуулара: аныгы оҕолор сайдалларыгар күлүүс. 

Бүгүн Сунтаар сэлиэнньэтин “Чебурашка” оҕо сайдар киинигэр иитээччилэр үлэлэригэр саха остуол оонньууларын туһаныыга аналлаах сэминээр буолан ааста. Тэрээһини уопуттаах иитээчи Мария Васильева үөрэх процеһын байытар, иитээччилэр компетентностарын үрдэтэр сыалтан тэрийэн ыытта.

Сэминээр иитээччилэр үлэлэригэр сахалыы остуол оонньууларын туһаныы теоретическай чааһыттан саҕаланна. Мария Васильевна бу оонньуулар өбүгэбит култууратын быстыспат сорҕото буолан, оҕолор сайдалларыгар сүҥкэн суолталааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Кыттааччылар педагогическай мастырыскыайга хамаанданан арахсан, оскуола иннинээҕи оҕолору сайыннарыы 5 сүрүн хайысхатынан сахалыы остуол оонньуутун бэйэлэрэ толкуйдаан оҥорон көмүскээтилэр.

Төрүт остуол оонньууларыгар успуорт маастара Таисия Ксенофонтова ураты интэриэһи тарта. Ол курдук «Хабылык» оонньуу тиэхиникэтин көрдөрдө, логика, стратегическай толкуй уонна кыра мотуорика сайдарыгар ордук табыгастаах диэн кэпсээтэ. Ону таһынан Мария Васильевна авторскай оонньуутун билиһиннэрдэ. Кыттааччылар өрө көтөҕүүлээхтик, сэргэхтик оонньоон эрэ буолбакка, үөрэх процеһыгар остуол оонньуутун туһанар практическай уопуту ылан күрэхтэстилэр.

Түмүккэ кыттааччылар санааларын үллэһиннилэр. Сэминээр көдьүүстээҕин бэлиэтээтилэр, ону тэҥэ саха остуол оонньууларын бэйэлэрин үлэлэригэр туһанарга санааларын эттилэр. Тэрээһин саха төрүт остуол оонньуулара оҕону бары өттүттэн сайыннарарга аныгы инструмент буолуон сөбүн, ону тэҥэ төрүт култуура нэһилиэстибэтин тарҕатыыга уонна харыстааһыҥҥа көмөлөһүөхтэрин сөбүн көрдөрөр чаҕылхай түгэн буолла.

Добавить комментарий