Бүгүн Сунтаар сэлиэнньэтин 7 нүөмэрдээх «Солнышко» оҕо сайдар киинигэр ФГОС уонна ФОП олоххо киириитин усулуобуйатыгар оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр логопедическай көмө теориятын уонна практикатын тирээн турар боппуруостарыгар аналлаах семинар-практикум буолан ааста.
Тэрээһин улуус араас муннуктарыттан исписэлиистэри түмтэ: логопедтар, иитээччилэр уонна төрөппүттэр. Барыта 37 киһи кыттыыны ылла.
Семинар аһыллыыта сылаас эйгэҕэ ааста. Сунтаар улууһун үөрэҕин салалтатын оскуола иннинээҕи отделын сүрүннүүр исписэлииһэ Надежда Павлова педагогтар профессиональнай таһымнарын үрдэтиигэ уонна уопут атастаһыытыгар киэҥ хабааннаах тэрээһиннэри ыытыы суолтатын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Семинар чэрчитинэн логопедическай көмө араас аспектарыгар аналлаах кэккэ практическай маастар-кылаастар ыытылыннылар:
1. «Психологический тренинг»: психолог Н. А. Николаева оҕолору кытта бодоруһуу профессиональнай дьоҕуру сайыннарыыга, бэйэни салайыныыга туһуламмыт тренинг ыытта.
2. «Нормы развития речи. Основные виды нарушений речи»: Сунтаар сэлиэнньэтин «Туллукчаан» оҕо сайдар киинин логопеда С.Ю. Осипова оҕо тылын-өһүн кэһии уонна диагностика ньымаларын кэпсээтэ.
3. «Роль артикуляционной гимнастики в развитии речи»: Сунтаар сэлиэнньэтин «Солнышко» оҕо сайдар киинин логопеда М.В. Борисова артикуляционнай гимнастиканы ыытыыга практическай эрчиллиилэри көрдөрдө.
4. «Применение нейроигр в коррекции нарушений произносительной стороны речи»: Сунтаар сэлиэнньэтин «Кыталык» оҕо сайдар киинин логопеда Е.В. Андреева нейро оонньуу нөҥүө оҕо саҥатын көннөрөр инновационнай ньымаларынан кыттааччылары билиһиннэрдэ. Манна кыттааччылар хамаанданан арахсан нейро-оонньуу толкуйдаан көмүскээтилэр.
5. «Организация работы учителя-логопеда с детьми с ограниченными возможностями здоровья»: В.Г. Павлов аатынан Сунтаар алын сүһүөх оскуолатын логопеда С.В. Аммосова бу категорияҕа логопедическай көмө уратыларын сырдатан, ОВЗ-лаах оҕолору кытта үлэ уопутун үллэһиннэ.
6. «ПМПК»: Сунтаар сэлиэнньэтин «Сардана» оҕо сайдар киинин логопеда Е.П. Иванова кыттааччыларга психолого-медико-педагогическай хамыыһыйа тэрийэн ыытыы процедуратын, кини сыалын-соругун туһунан кэпсээтэ.
Семинар-практикум интерактивнай форманан ааста, кыттааччылар бөлөхтөрүнэн үлэлээн уонна бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларыгар бодоруһан практическай билиини ыллылар. Тэрээһин түмүгэр кыттааччылар тэрийээччилэргэ махталларын биллэрдилэр уонна семинар туһунан үтүө санаалары хааллардылар. Бу семинар-практикум уопут атастаһыытыгар, профессиональнай таһымы үрдэтиигэ, Сунтаар улууһун иитээччилэригэр уонна төрөппүттэригэр көдьүүстээх былаһаакка буолла.