«Творческая активность библиотекаря: методика массовых мероприятий»

Бүгүн Тойбохой уонна Арыылаах орто оскуолаларын педагог-библиотекардара Винокурова Саргылана Егоровна, Григорьева Фекла Ивановна Сунтаар улууһун үөрэҕин тэрилтэлэрин педагог-библиотекардарыгар анааллаах «Творческая активность библиотекаря: методика массовых мероприятий» диэн тиэмэҕэ улуустааҕы семинар-практикум ыыттылар.

Тэрээһин Г.Е. Бессонов аатынан Тойбохой орто оскуолатыгар буолан ааста. Семинар арыллыытыгар оскуола дириэктэрэ Айаал Тотонов, Сунтаар улууһун үөрэҕин информационнай-методическай отделын исписэлииһэ Джулия Александрова эҕэрдэ тылларын эттилэр, бүгүҥҥү тэрээһин айымньылаахтык ааһарыгар баҕардылар.

Аныгы үөрэх процеһыгар библиотекардар оруоллара сүҥкэн суолталаах. Ол курдук, Винокурова С. Е. библиотека үлэтин ыытта. Леонид Попов олоҕун-дьаһаҕын көрдөрөн, маассабай тэрээһиннэри ыытыы методикатын кэпсээтэ. Семинар кыттыылаахтара ааҕыыга интэриэһи үрдэтиигэ туһуламмыт үлэ интерактивнай формаларын кытта билистилэр. Григорьева Ф. И. «Школьная библиотека в организации внеурочной деятельности» педагогическай мастарыскыайы билиһиннэрдэ. Семинар кыттыылаахтара интэриэһинэй уонна билиилээх-көрүүлээх программалары ырытан оҥордулар.

Ол кэннэ А.П. Павлов аатынан Сунтаар 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын библиотекара Сивцева И.Н. Б.Н. Ельцин аатынан Президентскай библиотеканы үөрэх процеһыгар туһаныы практическай үөрүйэхтэрин көрдөрдө, манна кыттааччылар онлайн платформаны кытта билистилэр. Сунтаар 2-с нүөмэрдээх оскуолатын библиотекара Федорова С. Т. платформаны кытта үлэҕэ практическай рекомендациялары биэрдэ уонна оскуола библиотекаларыгар «Книгозаказ» нөҥүө кинигэ сакаастарын туһунан иһитиннэрдэ.
Сунтаар политехническэй лиссиэйин библиотекара Егорова А. А. «Книжная полка русских писателей» диэн тиэмэҕэ маастар-кылаас ыытта. Манна семинар кыттыылаахтара хоһоон ырытан көрдүлэр, нуучча литературатыгар айар куонкурустары ыытыыга практическай дьоҕурдары ыллылар. Түмүккэ Бүлүүчээн оскуолатын библиотекара Сидорова А. И. фетртан кинигэ закладкатын оҥорууга олус интэриэһинэй маастар-кылаас ыытта.

Ону таһынан Тойбохой историческай-краеведческай комплексын филиалыгар экскурсия буолла. Семинар-практикум олус таһаарыылахтык сылаас эйгэгэ ааста. Кыттааччылар бэйэлэрин үлэлэригэр туһалаах информацияны уонна дьоҕуру ыллылар.

Добавить комментарий