Бүгүн Г.Е. Бессонов аатынан Тойбохой орто оскуолатыгар «Естественно-научная грамотность: учимся для жизни» тиэмэҕэ физика, биология, химия уонна география учууталларыгар аналлаах семинар ыытылынна.
Тэрээһин үөрэх хаачыстыбатын үрдэтиигэ ананна. Манна естественнэй науканы үөрэтиигэ аныгы ньымалары олоххо киллэриигэ үлэлэһэр учууталлар кыттыыны ыллылар. Семинар үөрүүлээх арыллыытыгар Тойбохой оскуолатын дириэктэрэ Тотонов Айаал Валерьевич үөрэнээччилэр естественнэй-научнай грамотностьтарын үрдэтии суолтатын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Оскуола үөрэнээччилэригэр естественнонаучнай грамотнаһы үөскэтии көдьүүстээх ньымаларын көрдөрөр практическай дьарыктар буоллулар. Ол курдук:
• Тойбохой орто оскуолатын химияҕа учуутала Григорьева Июлия Леонидовна ахсыс кылаастарга “Очистка загрязненной кемпендяйской соли” экологическай кыһалҕалары быһаарыыга дьоһуннаах практическай үлэни тэрийэн ыытта.
• Тойбохой орто оскуолатын физикаҕа учуутала Степанова Венера Егоровна 9 кылаас үөрэнээччилэригэр «Определение количества теплоты, необходимого для размораживания продукта» диэн практикум ыытта.
• Аллыҥа орто оскуолатын физикаҕа учуутала Степанова Анна Влиандровна маастар-кылааһыгар искусственнай интеллект кыахтарын, үөрэх процеһын судургутутар араас онлайн ресурсалары уонна приложениелары кытта билиһиннэрдэ.
• Арыылаах орто оскуолатын биологияҕа учуутала Еремеева Мария Афанасьевна «Инвестиции в молодость кожи» ВУД дьарыгар доруобуйа уонна биологическай процесс тиэмэтин таарыйда. Оҕолору угуйар араас химическэй уоппуттары оҥорон көрдүлэр.
• Ону кытта Степанова Венера Егоровна, Еремеева Мария Афанасьевна уонна Степанова Анна Власовна «Формирование у школьников естественнонаучной грамотности в процессе НИР» диэн мастарыскыай ыыттылар. Учууталлар үөрэх процеһыгар научнай чинчийэр үлэни киллэрии боппуруостарын дьүүллэстилэр, уопут атастастылар уонна бииргэ үлэлэһэн бырайыактары ырыттылар.
«Сэминээр олус туһалаахтык ааста, элбэх практическай сүбэни ыллыбыт. Бу тиэмэ олус актуальнай дии саныыбыт. Биһиги үлэбитигэр туһанар сыаналаах үөрүйэхтэри ыллыбыт. Ордук искусственнай интеллегы үөрэххэ туһаныыга маастар-кылааһы астына көрдүбүт,» — диэн кыттаачылар бэлиэтээтилэр.
Сэминээр түмүгэр Сунтаар улууһун үөрэҕин салалтатын информационнай-методическай отделын сэбиэдиссэйэ Туяра Семенова, Тойбохой оскуолатын дириэктэрин научнай-методическай үлэҕэ солбуйааччы Пальмира Леонтьева естественнонаучнай грамотность сүрүн боппуруостарын дьүүллэһиигэ төгүрүк остуол тэрийэн ыыттылар. Учууталлар салгыы үлэлииллэригэр сыаналаах билиини, үөрүйэхтэри ыллылар. Бу курдук Тойбохой оскуолатыгар икки сэминээр үрдүк таһымнаахтык ааста, тэрийээччилэргэ, оскуола кэллэктиибигэр махталбытын биллэрэбит.