Сэтинньи 22-23 күннэригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэх уонна билим министерствотын специалиһа, ГАК эппиэттээх сэкиритээрэ Мария Румянцева «Педагогическай үлэһиттэр аттестациялара» диэн темаҕа семинары П.Х.Староватов аатынан Элгээйи, Г.Е.Бессонов аатынан Тойбохой уонна А.П.Павлов аатынан Сунтаар №1-дээх орто оскуолаларыгар ыытта. Улуус үөрэҕин тэрилтэлэриттэн барыларыттан уопсайа 120 педагогтар семинарга сырыттылар.
Сунтаар улууһун үөрэҕин салалтатын салайааччыта Борис Васильев маннык семинардар тус сыаллаах улууска ыытыллан, үлэҕэ туһалаах буолалларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Каадырынан хааччыйыы отделын сэбиэдиссэйэ Елена Егорова улууска педагогтар аттестацияларыгар аналлаах туһааннаах үлэ барарын эттэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэх уонна билим министерствотын махтал суруктара өр кэм аттестационнай докумуоннар экспертизаларыгар бэриниилээхтик уонна таһаарыылаахтык үлэлээбит экспертарга туттарылыннылар. Семинарга педагогтар аттестацияларыгар эппиэттээх үлэһиттэр, үөрэх тэрилтэлэрин салайааччылара сана уларыйыылар, ирдэбиллэр тустарынан элбэҕи биллилэр.
Александра Павлова(Николаева)