Сэтинньи 28 күнүгэр Сунтаар улууһун үөрэҕириитин управлениетын сыллааҕы үлэтин былаанын чэрчитинэн А.П.Павлов аатынан Сунтаар 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын педагогическай 8 «б» кылааһын үөрэнээччилэригэр «Учуутал идэтэ» диэн профориентационнай бэсиэдэ ыытылынна. Профориентационнай бэсиэдэни Сунтаар улууһун үөрэҕириитин управлениетын каадырынан хааччыйыы отделын исписэлииһэ Александра Павлова ыытта. Кини үөрэнээччилэргэ учуутал идэтин туһунан сиһилии кэпсээтэ, педагогическай идэлэргэ ханнык үөрэх кыһаларыгар үөрэтэллэрин билиһиннэрдэ, анкетирование ыытта.
Маннык профориентационнай ситимнээх үлэ чэрчитинэн, учуутал идэтигэр туһуламмыт тэрээһиннэр ыытылланнар, инникитин педагог идэтигэр үөрэниэн баҕалаах үөрэнээччилэр элбээннэр, аныгы кэм учууталлара үүнэн тахсыахтара диэн эрэнэбит.
Антонина Прокопьева