Күннээҕи олоххо, үлэҕэ-хамнаска араас мөккүөр, иирсээн тахсара баар суол. Иирсээни хайдах быһаарсыахха сөбүй?
2011 сыллаахтан тустаах Федеральнай сокуон олоххо киириэҕиттэн ыла мөккүөрү эйэ дэмнээхтик суута суох быһаарсыахха сөп. Холобура, үөрэҕирии эйгэтигэр тахсар араас иирсээннээх быһыыны-майгыны быһаарсарга анаан «школьная медиация» диэн медиация анал хайыската баар. Биһиги улууспутугар 7 оскуола иьинээнни иирсээни быьаарар сулууспа улэлиир.
Саха сиринээҕи медиация киинэ Россия Бэрэсидьиэнин граннарын Пуондатын өйөбүлүн ылан «Иирсээн үөрэҕэр иллэһиннэрээччи нууччалыы-сахалыы тылдьыта» диэн брошюра таһаарда.
ТЫЛДЬЫТЫ библиотекаларынан, оскуолаларынан тарҕатыы саҕаламмыт. Ол курдук улуустартан аан бастакынан тылдьыт Сунтаар улууһугар кэллэ. Бу Тылдьыкка уопсайа 101 өйдөбүл нууччалыы уонна сахалыы тылларынан быһаарыыта киирбит.
Тылдьыт оскуола сулууспаларыгар
туһалаах буолуо диэн эрэнэбит.
автор проекта юрист, медиатор, конфликтолог, исполнительный директор АНО ЯРЦМ Долгуяна Николаевна Иванова.